積分
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Erkhaan
Künstler:in
Gulya Averinskaya
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Федоров Андрей Иннокентьевич
Komponist:in
Ильина Аина
Texte
歌詞
Ханна эрэ сырдык күммүт тыгара
Ханна эрэ кэрэ күммүт киирэрэ
Онно эйиигиниин туох баар кэрэни
Дьолбун үллэстиэм
Дууһабар сороҕор ардах түһэрэ
Билэбин олоҕум бэлэхтиирэ
Хараҥа-хараҥа да буоллар кэрэ
Эн тапталын
Сүрэхпин эн дьэ ылаҥҥын
Бытарыйабын бүтүннүү мин эйиэхэ
Бэйэбин сутэрбитим
Эн эттэххинэ тимирэр этим хараххар
Өссө биирдэ, уонна өссө биирдэ
Көрүөм этэ нап нарын кэрэ эн мичээргин
Итэҕэй, итэҕэйэбин мин
Эйиигинин умнуохпут туох баар күһаҕаны
Эйигииниин тыынабын
Мин тыынабын
Дьон куолаһа миэхэ наадата суоҕа
Миэхэ биир көрдөһүү, биһи иккиэн куотуохха
Ханна эрэ сырдык күммүт тыгара
Ханна эрэ кэрэ күммүт киирэрэ
Онно эйиигиниин туох баар кэрэни , Дьолбун үллэстиэм
Дууһабар сороҕор ардах түһэрэ
Билэбин олоҕум бэлэхтиирэ
Хараҥа-хараҥа да буоллар кэрэ
Эн тапталын
Халлантан сулустарбыт
Түһэллэр ханна эрэ бэйэлэрин сүтэрэн
Мин туспунан саныыгын
Мин сулус буотахпын, мин үрүн көмүс күлүгэ
Эн иһит, эн сүрэххин эмтиэм
Эн искэр буурҕа баар, миэхэ умайар уот
Эйиигинин, мин эйиигиниин
Ыраах барыаҕым
Эйигииниин тыынабын
Мин тыынабын
Дьон куолаһа миэхэ наадата суоҕа
Миэхэ биир көрдөһүү, биһи иккиэн куотуохха
Ханна эрэ сырдык күммүт тыгара
Ханна эрэ кэрэ күммүт киирэрэ
Онно эйиигиниин туох баар кэрэни
Дьолбун үллэстиэм
Дууһабар сороҕор ардах түһэрэ
Билэбин олоҕум бэлэхтиирэ
Хараҥа-хараҥа да буоллар кэрэ
Эн тапталын
Written by: Ильина Аина, Федоров Андрей Иннокентьевич